Мин хос эһэм 1920 сыллаахха Уус-Алдан улууһун Олтох нэһилиэгэр иккис оҕонон күн сирин көрбүтэ. Иннокентий Михайлович кыра оҕо сааһыттан улэҕэ иитиллэн улааппыта. 1940 сыллаахха райстатка улэлээбитэ. 1943 с. Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр ыҥырыллан Ийэ дойдутун көмүскүү барбыта. Фронтан 1944 с. дойдутугар араньыанньалаах буолан төттөрү кэлбитэ. Курбуһахтан төрүттээх Ущницкая Елена Матвеевнаны кэргэн ылан ыал буолар, дьиэ-уот тэринэр үс уол, икки кыыс оҕого күн сирин көрдөрөн, атахтарыгар туруортаан, дьон оҥортообуттара. 1956 сыллаахтан Райпо ситимигэр үлэлээбитэ. 1975с. кун сириттэн күрэммитэ. Мин хос эһээбинэн киэн туттабын.
Правнук Готовцев Максим, ученик 1в класса. 2024 г.