Черноградский Иван Дмитриевич биографията.
Иван Дмитриевич Нам улууһун Үөдэй нэһилиэгэр элбэх оҕолоох Марфа Павловна, Дмитрий Дмитриевич Черноградскайдар дьиэ кэргэҥҥэ тохсунньу 23 күнүгэр 7-с оҕонон 1976 сыллаахха күн сирин көрбүтэ. Кини игирэ аҥаара этэ. Игирэтин аҥаарынаан Варялыын оҕо эрдэхтэриттэн бииргэ улааппыттара. Төрөппүттэрэ тыа хаһаайыстыбатын туруу үлэһиттэрэ буолан Иван кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ-хамнаска иитиллэн улааппыта. Оҕо, оҕо курдук төрөөбүт дойдутун кырдалыгар, улааппыт сайылыктарыгар Арҕаа-сайылык, Мохсоҕоллоох, Арыылаах киэҥ нэлэмэн алаастарыгар сүүрэн-көтөн, оонньоон, айылҕаны кытта алтыһан тыа оҕото буолан буһан-хатан тахсыбыта.
1983 сыллаахха Үөдэй орто оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. Оскуолаҕа үөрэнэр кэмнэригэр сытыы-хотуу уолчаан, эт-хаан, күүс-уох өттүнэн барыларыттан таһыччы, ураты этэ. Октябренок, пионер кэккэтигэр иитиллэн, үөлээннээхтэрин кытта тэҥҥэ Патриот санаалаах иитиллибитэ.
1993 сыллаахха Үөдэй орто оскуолатын ситиһиилээхтик бүтэрбитэ. Оскуола кэнниттэн Граф биэрэгэр 2-с нүөмэрдээх профтехучилищеҕа суоппар идэтигэр үөрэнэ киирбитэ. 1994 – 1996 сылларга ытык иэһин толоро Советская Армия кэккэтигэр Читаҕа “Танковые войска” ротаҕа сулууспалаабыта. Армия кэнниттэн төрөөбүт дойдутугар Үөдэйгэ араас быстах үлэлэргэ үлэлээн уопуттаах үлэһиттэртэн элбэххэ үөрэммитэ.
1998 сыллаахха олоҕун аргыһынаан Юлия Юрьевналыын ыал буолан 3 оҕону күн сирин көрдөрөллөр. Ыал аҕата, эрэллээх доҕор, дурда-хахха буолан дьонун көрөн-истэн, күүс-көмө буолан олорбута.
Оҕо эрдэҕиттэн аҕатын, убайдарын батыһа сылдьан техникаҕа сыстан, элбэххэ үөрэнэн, техника бары көрүҥүн холкутук ыытар уопуттаах суоппар буола үүммүтэ. Үгүс дьоҥҥо Иван дьон көрдөһүүтүн быһа гыммакка техникаларын өрөмүөннээн, оҥорон биэрэрэ.
Иван Дмитриевич илиитин уруултан араарбатаҕа. Быстах кэмҥэ бастакы үлэтин Үөдэй орто оскуолатыгар тырахтарыыһынан үлэлээн саҕалаабыта. Хайа да тэрилтэҕэ кинини бары өттүнэн көрөннөр, улахан кыамталаах техникаҕа сыһыаннааҕын, уопуттааҕын көрөн үлэҕэ ылаллара. Ол курдук, “Строй-индустрия” тэрилтэҕэ өр сыл устата бэриниилээхтик суоппарынан, механигынан үлэлээбитэ. Кэлиҥҥи сылларга машинист – погрузчикка үөрэнэн вахтовай үлэҕэ Өймөкөөн оройуонугар “Стриж” тэрилтэҕэ погрузчигынан ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Ыарахан үлэттэн толлон турбакка доҕотторун-атастарын көҕүлээн куруук инники күөҥҥэ сылдьар эрэллээх доҕор-атас этэ.
2023 сылга бэйэ дьыалатын арынан Автосервис тэринэн үлэлээн испитэ. Ааспыт сайын нэһилиэккэ даамба тутуутугар погрузчик-тыраахтарга эппиэтинэстээх үлэҕэ таһаарыылаахтык ылсан үлэлээн, нэһилиэк олоҕор тус кылаатын киллэрбитэ. Дойдутугар бэриниилээх, чахчы патриот санаалаах буолан эр санаатын ылынан 2023 сыл сэтинньи ыйга анал байыаннаай дьайыы операциятыгар кыттыыны ыла барбыта уонна хомойуох иһин быйыл хомолтолоохтук бойобуой сорудаҕы толоро сылдьан сырдык тыына быһынна.
Дьиҥнээх эр хоһуун, бойобуой доҕорбут, бырааппыт, убайбыт, буойун киһибит Иван Дмитриевич Черноградский хорсун быһыыта үйэлэргэ умнуллубат...