1909 сыллаахха Кылгас Арыыга I Чочу нэһилиэгэр төрөөбүтэ, саха, баартыйата суох, кыра үөрэхтээх, сельскэй Сэбиэт депутата, Каганович аатынан колхоз биригэдьиирэ, армияҕа 1941 сыл балаҕан ыйыгар Бүлүү РБК ыҥырыллыбыт, рядовой, 1944 сыл бэс ыйыгар сураҕа суох сүппүт.
1906 сыллаахха I Чочу нэһилиэгэр төрөөбүтэ, баартыйата суох, үрдүк үөрэхтээх учуутал, Бүлүү педучилищетын преподавателэ, сэриигэ 1944 сыл Бүлүү РБК ыҥырыллыбыт, рядовой саллаат, III Украинскай фронт 27-с Армиятын 320-с СД 481-с СП сэриилэһэ сылдьан 1945 сыл муус устарга ылбыт араанньытытттан ыам ыйын 21 күнүгэр 3332 №-дээх эвакуационнай госпитальга сытан кыайыы буолбутун кэннэ өлбүт, көмүс уҥуоҕа Югославияҕа суботица сэлиэнньэ православнай 3-с эрээтин 7-с миэстэтигэр хараллан сытар (ЦАМО ф.58, оп. 18003, д. 902)
1915 сыллаахха I Чочу нэһилиэгэр төрөөбүт, Армияҕа 1941 сыл балаҕан ыйыгар Бүлүү РБК ыҥырыллыбыт, сэриигэ ылбыт араанньытыттан 1943 сыл сэтинньи 22 күнүгэр 4198 №-дээх госпитальга өлбүт. Сталинград (билигин Волгоград)уобалаһын Дубовскай оройуонун Оленье сэлиэнньэтигэр көмүллүбүт.
1903 сыллаахха I Чочу нэһилиэгэр “Алаас” диэн сиргэ төрөөбүтэ, саха, баартыйата суох, кыра үөрэхтээх. Каганович аатынан колхоз чилиэнэ, армияҕа Бүлүү РБК бастакы ыҥырыкка хабыллан 1941 сыл балаҕан ыйыгар барбыт, 247-с СД 920-с СП рядовой стрелогунан сэриилэспит, 1943 сыл олунньу 26 күнүгэр сэриилэһэ сылдьан охтубут, Орел уобалаһын Жиздринскэй оройуонун Палики дэриэбинэтиттэн 300 м. кэриҥэ соҕуруулуу-илин бырааттыы көмүүгэ хараллан сытар.
1921 сыллаахха I Чочу нэһилиэгэр “Кыычыкын” диэн сиригэр төрөөбүтэ, саха, комсомолец, орто үөрэхтээх, Каганович аатынан колхоз чилиэнэ, армияҕа 1941 сыл балаҕан ыйын 4 күнүгэр Бүлүү РБК ыҥырыллыбыт, п/п 28084, 1007-с СД рядовой саллаата, 1943 сыл атырдьах ыйын 18 күнүгэр өлбүт, Харьков уобалаһын Дергачевскай оройуонун Лушки дэриэбинэтин хотугулуу кытыытыгар көмүллүбүт (ЦАМО, ф.58, оп. 18001, д. 768. донесение 37532 от 23.09.1943 г.)
1922-сыллаахха Чинэкэ эбэҕэ Чочу нэһилиэгэр төрөөбүтэ, саха, баартыйата суох, ситэтэ суох орто үөрэхтээх, Каганович аатынан колхоз чилиэнэ, армияҕа 1941 сыл балаҕан ыйыгар Бүлүү РБК ыҥырыллыбыт, 376-с СД1252-с СП рядовой стрелок саллаата, 1942 сыл муус устар 10 күнүгэр өстөөхтөрү кытта кыргыһыыга өлбүт, Ленинград уобалаһын Чудовскай оройуонун Мясной Бор дэриэбинэтин таһыгар ойуурга көмүллүбүт.
1902 с. Кыычыкыҥҥа I Чочу нэһилиэгэр төрөөбүтэ, кыра үөрэхтээх, Каганович аатынан колхоз чилиэнэ, армияҕа 1943 сыл Бүлүү РБК ыҥырыллыбыт, өлбүт, көмүллүбүт сирэ биллибэт.
1909 сыллаахха I Чочу нэһилиэгэр төрөөбүтэ, Бүлүү педучилищетын бүтэрбит, Чочу оскуолатын учуутала, армияҕа 1943 сылга Бүлүү РБК ыҥырыллыбыт, рядовой саллаат, 1944 сыл олунньу ый 19 күһүнүгэр сырдык тыына быстыбыт, Витебскай уобалас Могилевскай оройуонун Маклово дэриэбинэтигэр көмүллүбут.
1895 сыллаахха I Чочу нэһилиэгэр төрөөбүтэ, Бөкчөҥөө нэһилиэгэр “Щербаково ” колхоз чилиэнэ, үөрэҕэ суох. Армияҕа 1942 сыл Бүлүү РБК ыҥырыллыбыт, 1943 сылга өлбүт, Иркутскай уобалас Мальта станциятыгар байыаннай кылабыыһаҕа көмүллүбүт.
1905 сыллаахха I Чочу нэһилиэгэр төрөөбүт, Бүлүүгэ промартыалга үлэлээбит, армияҕа 1942 сыл бэс ыйын 6 күнүгэр Бүлүү РБК ыҥырыллыбыт, 1943 сыл кулун тутар 2 күнүгэр сэрии толоонугар охтубут. Саратов уобалаһын Красный Кут сэлиэнньэтигэр көмүллүбүт.
1903 сыллаахха Ампаардаахха I Чочу нэһилиэгэр төрөөбүт, саха,баартыйата суох, кыра үөрэхтээх, Чкалов аатынан колхоз чилиэнэ, армияҕа 1742 сыл бэс ыйын 26 күнүгэр Бүлүү РБК ыҥырыллыбыт, рядовой, 1943 сыл ахсынньыга сураҕа суох сүппүт.
1921 сыллаахха Чинэкэ эбэҕэ Чочу нэһилиэгэр төрөөбүтэ, саха, баартыйата суох, кыра үөрэхтээх, М. Горькай аатынан колхоз чилиэнэ, армияҕа 1942 сыл бэй ыйыгар Бүлүү РБК ыҥырыллыбыт, рядовой. 1943 сыл муус устарга сураҕа суох сүппүт.
1913 сыллаахха Хойгуолаахха I Чочу нэһилиэгэр төрөөбүтэ, саха баартыйата суох, кыра үөрэхтээх, Каганович аатынан колхоз чилиэнэ, армияҕа 1941 сыл балаҕан ыйын 4 күнүгэр Бүлүү РБК ыҥырыллыбыт, 294-с СД 861-с СП рядовой саллаата, 1942 сыл муус устар 14 күнүгэр сэриилэһэ сылдьан өлбүт, Ленинград уобалаһын Тосненскай оройуонун Доброе сэлиэнньэтиттэн сүүсчэкэ миэтэрэ илиҥҥилии көмүллүбүт.
1895 сыллаахха Ампаардаахха I Чочу нэһилиэгэр төрөөбүтэ, саха, баартыйата суох, үөрэҕэ суох, Каганович аатынан колхоз чилиэнэ, сэриигэ 1944 сыл бэс ыйын 10 күнүгэр Бүлүү РБК ыҥырыллыбыт, рядовой саллаат, 1945 сыл тохсунньу ыйга кыргыһыы толоонугар сураҕа суох сүппүт, көмүллүбүт сирэ биллибэт.
1907 с ыллаахха Лээкээр алааска I Чочу нэһилиэгэр төрөөбүтэ, саха, баартыйата суох, кыра үөрэхтээх, М. Горькай аатынан колхоз чилиэнэ, армияҕа 1942 сыл бэс ыйыгар Бүлүү РБК ыҥырыллыбыт, рядовой, 1943 сылга сэриилэһэ сылдьан сэтинньигэ сураҕа суох сүппүт.
1910 сыллаахха Алааска I Чочу нэһилиэгэр төрөөбүтэ, саха, баартыйата суох, үөрэҕэ суох, М. Горькай аатынан колхоз чилиэнэ, армияҕа 1941 сыл балаҕан ыйын 4 күнүгэр Бүлүү РБК ыҥырыллыбыт, рядовой саллаат, 1942 сыл сэтинньитигэр сураҕа суох сүппүт.
1909 сыллаахха Ампаардаахха I Чочу нэһилиэгэр төрөөбүтэ, саха, баартыйата суох, кыра үөрэхтээх, Каганович аатынан колхоз чилиэнэ, армияҕа 1942 сыл от ыйыгар Бүлүү РБК ыҥырыллыбыт, 1942 сыл ахсынньытыгар сураҕа суох сүппүт .
1917 сыллаахха Хойгуолаахха I Чочу нэһилиэгэр төрөөбүтэ, саха, баартыйата суох, начальнай үөрэхтээх, Каганович аатынан колхоз чилиэнэ, армияҕа мааҥнайгы хомуурга 1941 сыл балаҕан ыйыгар Бүлүү РБК ыҥырыллыбыт, соҕуруулуу-арҕааҥҥы фронт 21-с Армиятын 81-с СД рядовой саллаата, 1942 сыл олунньу ый 13 күнүгэр сэриилэһэ сылдьан охтубут. Курскай уобалас Белинихинскай оройуонун Щелково сэлиэнньэтигэр көмүс уҥуоҕа хараллыбыт.
1909 сыллаахха Найыкы диэн сиргэ I Чочу нэһилиэгэр төрөөбүт, саха, баартыйата суох, кыра үөрэхтээх, М.Горькай аатынан колхоз чилиэнэ, армияҕа 1941 сыл балаҕан ыйыгар Бүлүү РБК ыҥырыллыбыт, 1942 сыл тохсунньу ыйга сураҕа суох сүппүт.
1901 сыллаахха Ампаардаахха I Чочу нэһилиэгэр төрөөбүтэ, саха, баартыйата суох, үөрэҕэ суох. Каганович аатынан колхоз чилиэнэ, 1943 сыл бэс ыйын 13 күнүгэр Бүлүү РБК ыҥырыллыбыт, рядовой, 1944 сыл атырдьах ыйыгар сураҕа суох сүппүт.
1906 с.Буут диэн сиргэ I Чочу нэһилиэгэр төрөөбүтэ, саха, баартыйата суох, кыра үөрэхтээх, Каганович аатынан колхоз чилиэнэ, армияҕа 1941 сыл балаҕан ыйын 4 күнүгэр Бүлүү РБК ыҥырыллыбыт, 297-с СД 1057-с СП рядовой саллаата, 1942 сыл ыам ыйын 16 күнүгэр сэриилэһэ сылдьан охтубут, Курскай уобалаһын Шахово сэлиэнньэтигэр 25 №-дээх бырааттыы көмүүгэ хараллыбыт.
1903 сыллаахха Хойгуолаахха I Чочу нэһилиэгэр төрөөбүтэ, саха, баартыйата суох, кыра үөрэхтээх, Каганович аатынан колхоз чилиэнэ, армияҕа 1943 сыл бэс ыйын Бүлүү РБК ыҥырыллыбыт, рядовой, 1943 сыл ахсынньыга сураҕа суох сүппүт.
1895 сыллаахха Чинэкэ эбэҕэ Чочу нэһилиэгэр төрөөбүтэ, саха, баартыйата суох, үөрэҕэ суох, М. Горькай аатынан колхоз чилиэнэ, армияҕа 1943 сыл бэс ыйын 12 күнүгэр Бүлүү РБК ыҥырыллыбыт, 1944 сыл тохсунньуга сэрии толоонугар сураҕа суох сүппүт.
1905 сыллаахха Чинэкэ эбэҕэ Чочу нэһилиэгэр төрөөбүтэ, саха, баартыйата суох, үөрэҕэ суох, М. Горькай аатынан колхоз чилиэнэ. 1941 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр Бүлүү РБК ыҥырыллыбыт, рядовой саллаат, полевой почтата 47894-Ш, 1943 сыл олунньу 24 күнүгэр Украинаны босхолуур сэриигэ сылдьан Днепропетровскай уобалас Павлоградскай оройуонун Вязовок диэн дэриэбинэ иһин кыргыһыыга сураҕа суох сүппүт.
1918 сыллаахха Сыдыбылга I Чочу нэһилиэгэр төрөөбүтэ, саха, коммунист, ситэтэ суох орто үөрэхтээх, Бүлүү оройуонун комсомолун комитетын секретарынан, оройуон Сэбиэтин мобилизационнай отделын сэбиэдиссэйинэн үлэлии олорон армияҕа 1942 сыл бэс ыйын 27 күнүгэр Бүлүү РБК ыҥырыллыбыт, Степной фроҥҥа сэриилэспит, Белгород куораты, Украинаны босхолуур кыргыһыыларга кыттыбыт, 1943 сыл балаҕан ыйын 10 күнүгэр сэриилэһэ сылдьан снаряд дэлби тэбиитигэр өлбүт, Харьковскай уобалас Пересечная станциятыгар көмүллүбүт.
На5араадалара
1909 сыллаахха I Чочу нэһилиэгэр Кылгас Арыыга төрөөбүтэ, саха, баартыйата суох, кыра үөрэхтээх, колхозка киирбэтэҕэ, армияҕа 1943 сыл бэс ыйын Бүлүү РБК ыҥырыллыбыт, 1944 сыл муус устарга сураҕа суох сүппүт.
1899 сыллаахха Дабааҥҥа I Чочу нэһилиэгэр төрөөбүтэ, саха, баартыйата суох, үөрэҕэ суох, М. Горькай аатынан колхоз чилиэнэ, армияҕа 1943 сыл бэс ыйыгар Бүлүү РБК ыҥырыллыбыт, рядовой, 1944 сыл балаҕан ыйыгар сураҕа суох сүппүт .
1896 сыллаахха Чинэкэ эбэҕэ Чочу нэһилиэгэр төрөөбүтэ, саха, баартыйата суох, үөрэҕэ суох, Каганович аатынан колхоз чилиэнэ, армияҕа 1943 сыл бэс ыйын 12 күнүгэр Бүлүү РБК ыҥырыллыбыт, 37-с Армия 213-с саппаас стрелковай полкатыгар сэриилэһэ сылдьан ылбыт араанньытыттан 1944 сыл муус устар 15 күнүгэр госпитальга сытан өлбүт, көмүс уҥуоҕа Одесса уобалаһын Разделенскай оройуонугар Понятовка станциятыгар хараллыбыта.
1925 сыллаахха I Чочу нэһилиэгэр төрөөбүтэ, баартыйата суох, орто үөрэхтээх. 1942 сылга ЗО-ҕа баран Сангаарга таас чохо үлэлээбит. Онтон 1943 сылга сэриигэ барбыт, 1944 сыл ахсынньы ыйга сураҕа суох сүппүт.
1905 сыллаахха Буут диэн сиргэ I Чочу нэһилиэгэр төрөөбүтэ, саха, баартыйата суох, үөрэҕэ суох, Каганович аатынан колхоз чилиэнэ, армияҕа 1942 сыл бэс ыйын 27 күнүгэр Бүлүү РБК ыҥырыллыбыт, 1943 сыл олунньу ыйга сураҕа суох сүппүт.
1916 сыллаахха Хойгуолаахха I Чочу нэһилиэгэр төрөөбүтэ, баартыйата суох, начаальнай үөрэхтээх, Каганович аатынан колхоз чилиэнэ, армияҕа 1941 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр Бүлүү РБК ыҥырыллыбыт, 1942 сыл кулун тутар 26 күнүгэр Ленинград уобалаһын чугаһыгар сэриилэһэ сылдьан өлбүт, онно көмүллүбүт.
1907 сыллаахха Кылгас Арыыга I Чочу нэһилиэгэр төрөөбүтэ, саха, баартыйата суох, үөрэҕэ суох, Каганович аатынан колхоз чилиэнэ, армияҕа 1941 сыл балаҕан ыйын 4 күнүгэр Бүлүү РБК ыҥырыллыбыт, п/п 51423, 42-с Армия 187-с СП саллаата, 1942 сыл балаҕан ыйын 30 күнүгэр Ленинград анныгар кыргыһыыга өлбүт. Ленинград уобалаһын Слуцкай оройуонун Петрово сэлиэнньэтигэр көмүллүбүт.
1917 сыллаахха Чинэкэ эбэҕэ Чочу нэһилиэгэр төрөөбүтэ, саха, баартыйата суох, үөрэҕэ суох, М. Горькай аатынан колхоз чилиэнэ, армияҕа 1942 сыл бэс ыйын 12 күнүгэр Бүлүү РБК ыҥырыллыбыт, рядовой саллаат, 1943 сыл бэс ыйыгар сураҕа суох сүппүт.
1920 сыллаахха I Чочу нэһилиэгэр төрөөбүтэ, саха, армияҕа 1942 сыллаахха ЯКБК ыҥырыллыбыт, рядовой саллаат, 1944 сыл олунньу ыйга сэриилэһэ сылдьан сураҕа суох сүппүт.
1917 (1912) сыллаахха Аччыгый Сыдыбылга I Чочу нэһилиэгэр төрөөбүтэ, саха, комсомолец, кыра үөрэхтээх, М. Горькай аатынан колхоз чилиэнэ, армияҕа 1941 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр Бүлүү РБК ыҥырыллыбыт, рядовой саллаат. 2316 п/п. Арҕаа фроҥҥа Москва оборонатыгар кыргыһыыга сылдьан муус устарга ылбыт араанньытыттан 5021 №-дээх госпитальга сытан 1942 сыл бэс ыйын 13 күнүгэр өлбүт, Москваҕа Преображенскай кылабыыһатыгар көмүллүбүт.
1922(1924) сылллаахха Ампаардаахха I Чочу нэһилиэгэр төрөөбүтэ, саха, баартыйата суох, начаалынай кылаас үөрэхтээх, Каганович аатынан колхоз чилиэнэ, армияҕа1942 сыл от ыйын 27 күнүгэр Бүлүү РБК ыҥырыллыбыт, 1943 сыл ахсынньы ыйга сураҕа суох сүппүт.
1921 сыллаахха Чинэкэ эбэҕэ Чочу нэһилиэгэр төрөөбүтэ, саха, баартыйата суох, 1942 сыллаахха Бүлүү педучилищетын бүтэрбитэ, армияҕа балаҕан ыйын 4 күнүгэр Бүлүү РБК ыҥырыллыбыт, 1944 сыллаахха I белорусскай фрот 28-с Армиятын 152-с СД 646-с СП рядовой саллаатынан сэриилэһэ сылдьан от ыйын 18 күнүгэр кыргыһыы хонуутугар охтубут, Белоруссияҕа Заверши диэн Брест уобалаһын Пружанскай оройуонун дэриэбинэтигэр 167.7 үрдэлгэ көмүллүбүт.
1899 сыллаахха Чинэкэ эбэҕэ Чочу нэһилиэгэр төрөөбүтэ, саха, баартыйата суох, үөрэҕэ суох, М. Горькай аатынан колхоз чилиэнэ, армияҕа 1942 сыл атырдьах ыйыгар Бүлүү РБК ыҥырылыбыт, 1943 сыл кулун тутарга сураҕа суох сүппүт.